Үлэ үктэллээх олох суола
Боотулууга Дапсылыы дьыктаан
Сэтинньи 7 күнүгэр, Боотулууттан төрүттээх ытык кырдьаҕаспыт, убаастыыр убайбыт, лиҥкибиис-учуонай, тыл билимин хандьытаата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ М.П. Алексеев – Дапсы аатын уонна үөрэҕин тарҕатыы чэрчитинэн, маны эгэ П. А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын көрсө Үөһээ Бүлүү улууһун үрдүнэн үһүс төгүлүн ыытыллар Дапсы дьыктаана буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ Боотулуу нэһилиэгиттэн барыта 16 улахан киһи, 12 […]
Дапсы дьыктаана
Саханы саха дэтэр, төрөөбүт тылбыт төлкөтө төннүбэтин, түөрэҕэ түҥнэстибэтин туһугар төлөнүрэн туран үлэлиир биир дойдулаахпыт, Боотулууттан төрүттээх ытык кырдьаҕаспыт, убаастыыр убайбыт, лиҥкибиис-учуонай, тыл билимин хандьытаата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ М.П. Алексеев – Дапсы аатын уонна үөрэҕин тарҕатыы сиэринэн, Үөһээ Бүлүү улууһун үрдүнэн үһүс төгүлүн Дапсы дьыктаана ыытылла турар. Дапсы Мэхээлэ төрөөбүт дойдутугар, Боотулуу нэһилиэгэр бүгүҥҥү […]
Сүрэ тостубатах сүдү киһибит
М. П. Өлөксүөйэп – Дапсы 75 сааһыгар анаан Н. П. Корякин – Уран Ньукулай суруйбут ахтыыта Бу оһоллоох-моһоллоох орто туруу бараан дойдубутугар Үрдүк айыыларбыт, Ахтар Айыыһыт барбыт хас биирдиибитин тус-туспа аналлаах буолан, ону толорорго туох идэни таба тутан, Бар дьоннор туһалаах, удьуор тыыҥҥын утумнуур ыччаттанан, ытык иэскин толорон бардаххына, санааҥ чэпчээн, салгын кутуҥ саната сылдьар, […]
Ийэ тыл биһигэ -Боотулуу, тыл эмчитэ -Дапсы
Күндү ааҕааччылар, эһиги болҕомтоҕутугар, Боотулуу нэһилиэгэ тэриллибитэ 240 сылыгар анаан ыытыллыбыт үбүлүөйдээх ыһыахха биһиги ытыктыыр, киэн туттар дьоммут М. П. Алексеев – Дапсы уонна В. Т. Сивцев ыалдьыттаабыт түгэннэриттэн хаартыскалар.
Дапсы, Дапсы дуо?
Уххан – Иван Николаевич Николаев, 1993 сыл кулун тутар 28 күнүгэр, “Сахаада” хаһыакка тахсыбыт Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы туһунан ыстатыйата. Улуулар да, уһулуччулар да ахсааннарыгар киллэрбэтэхпит иһин, омугун, төрөөбүт дьылҕатын дьылҕа оҥостуммут, тыл туһуттан омугун ааспат-арахпат ыарыытыгар ыалдьыбыт, биир чөл куттаах үтүө-мааны саха киһитин Михаил Петрович Алексеев -Дапсы туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Дапсы туһунан суруйуохха […]
Биһиги кинилэринэн киэн туттабыт
Боотулуу оскуолатыгар үөрэнэн, олох киэҥ аартыгар үктэммит выпускниктар, араас сылларга үөрэнэ, үлэлии сылдьыбыт, кэлин бүтүн Саха сирин, Арассыыйа араас муннуктарыгар тиийэ биллибит, үгүс сыллар усталарыгар норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар үтүө суобастаахтык үлэлээннэр, төрөөбүт улуустарын уонна Саха сирин сайдыытыгар бэйэлэрин сүҥкэн улахан кылааттарын киллэрбит киэн туттар уонна сүгүрүйэр дьоммут олохторун кэрчиктэрин, араас кэмҥэ суруллан кинигэлэргэ киирбит […]
Боотулууга үөрэҕэрии маҥнайгы олуктара
Биир үйэттэн ордук кэм устата Боотулуу биир, түөрт, биэс, сэттэ, аҕыс кылаастаах, онтон орто оскуолатын бүтэрбит хас эмэ тыһыынчанан ааҕыллар выпускниктара олох киэҥ аартыгар эрэллээхтик үктэнэн, иннилэрин диэки киэҥник хардыылаан, дойду араас куораттарынан орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһаларын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэннэр, үгүс сыллар усталарыгар норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар үтүө суобастаахтык үлэлээннэр, төрөөбүт улуустарын уонна […]
“Өбүгэ үгэһин уруйдаан”- Н. Д. Амыдаев 90 сааһыгар анаан ыытыллыбыт оҕолорго оҥоһук күрэҕиттэн билиһиннэрии
Бэс ыйын 21 күнүгэр, Боотулуу нэһилиэгэр үс Норуодунайдарга анаан ыытыллыбыт ыһыахха, Николай Амыдаев төрөөбүтэ 90 сылыгар анаан оҕолорго улуустааҕы оҥоһук күрэҕэ буолан ааспыта. Ол курдук күрэххэ барыта Сургуулук, Боотулуу, Маҥаас, Дүллүкү уонна Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэриттэн 20 оҕо кыттыыны ылла. Оҕолор араас матырыйааллартан хастыы да үлэлэрин күрэххэ киллэрбиттэрэ. Күрэҕи Амыдаевтар-Винокуровтар дьиэ кэргэттэрэ уонна Боотулуу нэһилиэгин библиотеката […]
Үрүҥ санаа поэта. В. Сивцев 80 сааһын көрсө оҥоһуллубут презентация.
Василий Тарасович Сивцев 80 сааһын бэлиэтиир дьоро күҥҥэ анаан, 2013 сыллаахха Буртахова Евдокия Ивановна уонна Золотарева Анна Васильевна, таҥан оҥорбут презентациялара. Библиотека архыыбыттан ылылынна.