Саха тылын күннэрэ саҕаланна
Олунньу 13 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр саха тылын уонна суругун-бичигин күнүнэн бэлиэтэнэр. Бу күнү хас сыл ахсын өрө күүрүүлээхтик, үөрүүлээхтик, сахалыы сайаҕас санаанан салайтаран, араас тэрээһиннэри ыытан көрсөбүт. Ол чэрчитинэн, Боотулуу орто оскуолатын оҕолоро эмиэ “Таптыыр сахам тылынан…” диэн тэрээһиҥҥэ кытыннылар. Библиотекарь Айталина Ивановна оскуола 3-8 кылааһын үөрэнээччилэригэр саха тылын төһө үчүгэйдик билэллэрин тургутан көрдө. […]
Сахалыы таба суруйуу дьыктаана саҕаланна
Сахалыы таба суруйуу дьыктаана саҕаланна
Саха тылын эмчитэ – Дапсы этиилэрэ
Иҋэ тылбыт хараанньыта, сахалыы саҥабыт дорҕоонун эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы ыллыктаах баҕа санаалара:
ТӨРҮТ ТЫЛ – ОМУК УОСТУБАТ БААЙА
Саха омук бараммат баайа – саргылаах саҥата, төрүт тыла
Саха уус-уран тыллаах хомоҕой хоһоонньуттара, таптыыр сахабыт тылын туһунан суруйбут хоһооннорунан хомуурунньугу, саха тылын уонна суругун-бичигин күнүгэр анаан таһаарабыт
Саха тылын дьыктаанын балаһыанньата
ПОЛОЖЕНИЕ о проведении республиканского диктанта, приуроченного ко Дню родного языка и письменности и Году детства в Республике Саха (Якутия) Общие положение Настоящее Положение определяет порядок и условие проведения республиканского диктанта на родном (якутском) языке. Участники диктанта – учащиеся с 8 по 11 классы, студенты, молодёжь, взрослое население. Организаторы диктанта – отдел «Детская точка кипения» филиала […]
Бибилэтиэкэҕэ – саҥа кинигэ!
Саамай кырачааннарга уонна оскуола саастаах оҕолорго, төрөппүттэргэ уонна уһуйаан үлэһиттэригэр анаан саҥа дьэрэкээн кинигэлэр бибилэтиэкэҕэ кэлбиттэрин билиһиннэрэбит.
Бибилэтиэкэҕэ – саҥа кинигэ!
Күндү Боотулуу нэһилиэгин олохтоохторо, кинигэни таптааччылар, ааҕааччылар! Эһиэхэ анаан Боотулуу бибилэтиэкэтигэр саҥа кэлии кинигэ билиһиннэриитин ыытабыт. Кэлэн көрүҥ, ааҕыҥ. уларсыҥ! Сурунаалга саха уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэлэ И. Н. Барахов төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан Үөһээ Бүлүү улууһун устуоруктарын, кыраайы үөрэттээччилэрин түмсүүтэ тэрийэн ыыппыткэмпириэнсийэтигэр биһирэммит үлэлэр киирдилэр. Сурунаал улуус устуоруйатын сэҥээрээччилэргэ, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар. Во […]
Көтөрдөөхтөн сонуннар
Көтөрдөөх учаастагар, 2024 сыл олунньу 7 күнүгэр, Боотулуу библиотекарын кытта көрсүһүү буолан ааста. Биһиги киэн туттар киһибит, урукку кэмнэргэ Көтөрдөөх учаастага сайдарын туһугар элбэх сыратын уурбут биир дойдулаахпыт, Көтөрдөөхтөн төрүттээх Василий Семенович Алексеев төрөппүт оҕото, Национальнай библиотека үлэһитэ, библиотекарь-библиограф идэлээх Сардаана Васильевна биир дойдулаахтарыгар кинигэ кэһиитин хаһыс да төгүлүн ыытар. Ол курдук, Сардаана Васильевна араас […]
“Ромашка” түмсүү үлэтин салҕыыр
Кэрэни кэрэхсиир күндү кэрэ аҥаардары, оҕуруонан тиһии уустук ньымаларын билиэн баҕалаахтары, ииһи сэргээччи Боотулуу нэһилиэгин олохтоохторун, “Ромашка” түмсүү күн ахсын библиотека дьиэтигэр күүтэр. Сааһыттан тутулуга суох, ким баҕалаах, кэлэн оҕуруонан тиһэргэ үөрэниэххитин, бэйэҕитигэр уонна чугас дьоҥҥутугар сылаас илиигитинэн оҥоһуллубут дьэрэкээн киэргэллэри оҥоруоххутун сөп. “Ромашка” түмсүү ааспыт сыл сэтинньи ыйыттан, библиотекарь, оҕуруоһут Айталина Ивановна Софронова салайыытынан […]