Уһуйаан оҕолоро библиотекалыын билистилэр

Бүгүн ыам ыйын 23 күнүгэр, библиотекаҕа Боотулуутааҕы “Радуга” оҕо уһуйаанын улахан группатын иитиллээччилэрэ кэлэ сырыттылар, библиотеканы кытта маҥнайгыларын билистилэр. Уһуйаан оҕолоро “Остуоруйа дойдутугар айан’ диэн хартыынанан викторинаҕа оонньоотулар. Саамай элбэх сөптөөх эппиэти ылан, Васильева Альмира сэмэй бэлэх тутан үөрдэ-көттө. Оҕолор бары наһаа көхтөөхтүк кытыннылар. Салгыы библиотекарь оҕолорго библиотекаҕа сылдьыы быраабылаларын кэпсээтэ, кинигэни хайдах уларсар туһунан […]

Урукку пионердарга төлөннөөх эҕэрдэ!

Икки Ленин уордьаннаах Бүтүн Россиятааҕы бастакы пионерскай тэрилтэ 1922 сыллаахха Москваҕа тэриллибитэ. Ленинскэй комсомол бойобуой уонна үлэҕэ үтүө үгэстэригэр иитиллибит эдэр ленинецтэр тэрилтэлэрин историята – бу ханнык баҕарар көлүөнэ оҕо сааһын кэрэ-бэлиэ түгэннэрэ. Пионердар сүрүн атрибуттарынан барабаан, кыһыл хаалтыс, пионерскай значок, горн, дружина знамята буолара. Саха сиригэр пионерскай тэрилтэ 1924 сыллаахха тэриллибитэ. Кыһыл хаалтыстаах оҕо […]

Ньургуһун туһунан хоһооннор, хоһуйуулар

Эһиэхэ анаан, эдэр хоһоонньуттар ньургуһун туһунан суруйбут хоһооннору хомуурунньугун бэлэх уунабыт! Ньургуһуннар – ньургун куолар Ыам ыйын илдьитэ – ньургуһун,Ылааҥы күннэрбэр уһугун,Тоҥ буору тобулан эн үүн,Туохтан да толлума, көҥүлгүн. Халдьаайы, томтор быарыгарХаралдьык бөҕө тахсыбыт,Эҥсиэлим хочотун сыырыгарЭлбэх да ньургуһун тыллыбыт. Бу кэрэ, дьикти көстүүттэн,Бу нарын, сэмэй үҥкүүттэнДууһам үөрэн ыллаата,Дуйдаах хонуум алҕаата. Кыыс оҕо намчыта буоламмын,Кырдалга бүтүннүү […]

Ньургуһун туһунан

Бүгүн ыам ыйын 18 күнүгэр Саха сиригэр ньургуһун сибэкки күнүн бэлиэтиибит. Ньургуһун элбэх сыаллаах үүнээйи, кини лютик сибэкки биир көрүҥэ буолар. Умнаһа туруору, 10-40 см тиийэр (онтон биһиэхэ үүнэр ньургуһун 10-20 см эрэ буолар). Бастакы сибэккитэ тыллар, онтон дьэ сэбирдэҕэ тахсар. Умнаһа, сибэккитэ, сэбирдэҕэ барыта нарын түүлэринэн бүрүллэр. Бу түүлэр кинини тымныыттан харыстыыллар. Ньургуһун 5-6 эминньэхтээх (лепестоктаах). Ортотугар […]

Ааҕыыга таптал – дьиэ кэргэнтэн саҕаланар

Хас биирдии киһи олоҕор саамай күндү, саамай чугас, истиҥ, улахан суолталаах – дьиэ кэргэнэ буолар. Киһи олоххо сыһыана, тус көрүүтэ, майгыта-сигилитэ, саҥаны билиигэ-көрүүгэ тардыһыыта – барыта аан маҥнай дьиэ кэргэнин иһиттэн саҕаланара саарбаҕа суох. Төрөппүттэрбит остуоруйаларын истэн, дьоммут кинигэ ааҕалларын көрөн, аан маҥнай ааҕыы умсулҕаныгар умсабыт, кинигэ кэрэ эйгэтин кытта билсэбит… Бэйэтэ ааҕар, билиигэ, саҥаҕа, […]

Ийэ тыл түмсүү сүбэ мунньаҕа

Ыам ыйын 12 күнүгэр олохтоох библиотекаҕа, Боотулуу нэһилиэгин Ийэ тыл түмсүүтүн Сүбэ мунньаҕа буолан ааста. Барыта түмсүүбүтүгэр 11 киһи баарыттан, бүгүҥҥү көрсүһүүгэ 3 киһи үлэлэринэн игин тардыллан кыайан кэлбэтилэр. Бырайыакпыт тула кэпсэттибит, чочуйдубут, бырайыагы хайдах сатабыллаахтык үлэлэтэрбитин быһаарыстыбыт Нэһилиэнньэни барытын хабар үлэ ыытыллара сабаҕаланар. Оскуола оҕолоро эмиэ бу бырайыакка кытталларын ситиһиэхтээхпитин туһунан биир түмүккэ кэллибит. […]

Весна пришла. Скоро праздник 8 марта.

35 интересных фактов о России

Интересные факты о России. Россия — самая большая в мире страна. Впрочем, это ни для кого не секрет. Россия — единственная в мире страна, омываемая целой дюжиной морей. Самое глубокое озеро на земле, Байкал, находится именно в России. Самые древние горы на планете, Уральские — тоже российское достояние. На Алтае более восьмисот ледников. Границы России и […]

День России

День России – важный государственный праздник Российской Федерации, отмечаемый ежегодно 12 июня. До 2002 года он именовался как День принятия Декларации о государственном суверенитете России. Это один из самых «молодых» государственных праздников в стране.