Сынньалаҥҥа:Сомо5о домох суолтатын төһө билэҕин?

Тылгыт баайын хаҥатар, сайыннарар сыаллаах-соруктаах СОМОҔО ДОМОХ ООННЬУУТУГАР ыҥырабыт! Умнубуккутун өйдүөххүт, саҥаны сомсуоххут диэн эрэнэбит! Сомоҕо домох (фразеологизм) — биир уустук өйдөбүлү биэрэр суолталаах, солбуллубат тыллаах, уларыйбат көрүҥнээх (формалаах) тыллар холбоһуктара. Саха тылыгар олус элбэх сомоҕо домох баар. Н. С. Григорьев «Саха тылын сомоҕо домоҕун тылдьыта» (1974 с.) кинигэтигэр 3000 кэриҥэ сомоҕо домох киирбит. Бу саха тылын биир этигэн ньымата, барҕа […]

Опрос Министерства культуры РФ

Уважаемые посетители!Просим Вас оценить работу нашей организации, пройдя по ссылке:  https://forms.mkrf.ru/e/2579/xTPLeBU7/?ap_orgcode=150220074 Министерство культуры Российской Федерации приглашает Вас принять участие в оценке удовлетворенности граждан работой государственных и муниципальных организаций культуры, искусства и народного творчества. Исследование проводится с помощью анонимной анкеты. Анкета заполняется просто. Внимательно прочитайте вопросы анкеты и выберите тот вариант ответа, который является наиболее подходящим […]

Иҥсэлээх Сүөдэр

Былыр, олох өрдөөҕүтэ, Көтөрдөөх хоту өттүгэр Кэҥкэр сиригэр Иҥсэлээх Сүөдэр диэн киhи олорбута үhү. Бука киниэхэ иҥсэлээҕин иhин итинник ааты биэрдэхтэрэ буолуо. Сүөдэр дьиэтиттэн тэйиччи соҕус баран туулуура. Үчүгэй балыктааҕын иhин баран эрдэҕэ. Барар сиригэр сис тыаҕа улахан элбэх салаалаах тииккэ тойон көтөр сыл ахсын кэлэн төрүүр идэлээх эбит. Биирдэ Сүөдэр туутун көрө баран иhэн […]

“Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ” кинигэттэн кэпсээннэр

Хам хаппыт мастан буолуо… Покровскай сирэ-уота үтүөкэн, кэрэ айылҕалаах, бастыҥ-мааны дьонноох сир. Мин эбэбэр сотору-сотору тахсааччыбын, кини даачата өрүс үрдүгэр турар. Манна дьиэлэр ойуур быыһыгар тутуллубут буоланнар кэрэ көстүүлээхтэр. Дьиэлэр кэккэлэһэн турар сирдэриттэн тэйиччи соҕус былыргы аппа баара. Тоҕо эрэ кэнники кэмҥэ бу диэки киһи соччо ылбычча өйдөөбөт түгэннэрэ тахсар буолбуттара. Биирдэ атырдьах ыйын хабыс-хараҥа […]

Күөх моҕой – 2025 сылы хайдах көрсүөххэ сөбүй?

Кэлэр 2025 сыл Бэлиэтэ “Күөх мас моҕой” буолуоҕа. Бу кэлэр моҕой сыла хайдах буолар тустааҕын, илиҥҥи халандаарынан хаһан саҕаланарын, ханнык өҥ сөп түбэһэрин уонна хайдах бэлэхтээх көрсөрбүт туһунан сиһилии ааҕыҥ: 2025 сыл – Эриэн үөн дьыла Моҕой бэлиэтэ Элбэх киһи моҕойу көрдөхтөрүнэ саамай үчүгэй санааны ылымматтарын үрдүнэн, Кытай гороскопугар моҕой биир саамай ытыктанар үөн буолар. […]

“Иччилээх кэпсээннэр”

Сылгыhыт Былыр биир сылгыһыт биэлээх кулунчугу сүтэрбит. Өр көрдөөн, халлаана хараҥарбыт, ый тахсыбыт. Сылгыһыт атыгар олорон дэриэбинэтин диэки хаамтаран испит. Арай былыргы өтөх таһынан ааһан иһэн көрдөҕүнэ, кулунчуга өтөх иһигэр сытар үһү. Өтөххө киирбитэ, кулунчуга сол курдук турбакка сытар. Сылгыһыт кулунчугун туруора сатаабыт да, кулунчуга олох турбатах. Онуоха кулуну сиэлиттэн тутан баран таһырдьа соспут. Кулун аата […]

Үһүйээн

Бүлүү, Сунтаар икки үөскээбитэ Сунтаарга сахалар кээлтэрэ үһү Якутскай куорат үөскүөн иннинэ 50 сылынан урут… Биирдэ дьон Сунтаартан таҥнары устубуттар. Бүүлэй (оттуда — Вилюй) үрэҕинэн. Ол иһэн, бүүнү куорат олорор сирэ холобурдаах, уоту көрөллөр. Онно тахсан биир балыксыт оҕонньору булаллар. «Кимҥиний?» — диэбиккэ, «Чочубун!» — диир. «Чочу» диэн нэһилиэк баар билигин. Бу оҕоньньорго аат биэрэллэр […]

Олонхо декадата түмүктэннэ

Боотулууга олонхо декадата түмүктэннэ. Ол чэрчитинэн диктант суруйуута тэрилтэлэринэн, Үөһээ Бүлүүттэн олоҥхоһуттар кэлэн оҕолорго, нэһилиэнньэҕэ, кырдьаҕастарга дьиэлэригэр ыалдьыттаан сэргэхситэн бардылар. Боотулуу орто оскуола коллектива нэдиэлэ устата улахан тэрээһиннэри ыытта ол курдук бары олонхолоон, хомустаан да көрдүлэр. Библиотекаҕа 4 кылаас оҕолоро кэлэн ыалдьыттаан бардылар. Норуот остуоруйатын ,,Уустук үллэрии,, ырытыы ыыттыбыт уонна олоҥхоҕо кинигэ быыстапкатын көрдүлэр, таабырын […]