Бүлүү, Сунтаар икки үөскээбитэ
Сунтаарга сахалар кээлтэрэ үһү Якутскай куорат үөскүөн иннинэ 50 сылынан урут… Биирдэ дьон Сунтаартан таҥнары устубуттар. Бүүлэй (оттуда — Вилюй) үрэҕинэн. Ол иһэн, бүүнү куорат олорор сирэ холобурдаах, уоту көрөллөр. Онно тахсан биир балыксыт оҕонньору булаллар. «Кимҥиний?» — диэбиккэ, «Чочубун!» — диир. «Чочу» диэн нэһилиэк баар билигин. Бу оҕоньньорго аат биэрэллэр Үөннээх Тымтайдаах Түөтэй диэн. Манна хоно сытан биир киһи түһүүр. Ол түһээн көрдөҕүнэ: илин диэки «Уолбут!» диир саҥа баар. Сарсыарда оҕонньортон ыйыталлар: «Уолбут» диэн сири билэҕин дуо? — диэн. Оҕонньор: «Билбэппин», — диир. Онтуката биир биэрэстэлээх сиргэ баар эбит. Үрэҕи туорууллар, ол туораан мастаах сиргэ саарык быраҕаллар: ханна куораты тутуохха сөбүй диэн. Саарык түһэр Мукуча диэн арыыга. Онно бэскэ сурук суруйаллар: «Манна түстэ саарык» диэн. Онтон ол сиргэ дьаҥ турар. Онтон иккиһин саарыктыыллар; ол саарык бүүнү таҥара дьиэтэ баар сиригэр түһэр. Дьэ онтон онно туппуттара үһү куораты. Таҥара дьиэтэ турбутун кэннэ 50 сыл буолан баран Дьокуускай баар туһа иһиллибит.

Рассказал в 1914 г. житель Вилюйска Нестор Серг. Кондратьев