Боотулуутааҕы Ньукуола таҥаратын дьиэтэ

Боотулуу Эбэтигэр сайылыктан Үөһээ Бүлүүлүүр аартыгынан киирэн кэллэххэ, аан бастаан күөл уҥуор, үрдүк халдьаайы үрдүгэр дьэндэйэн турар таҥара дьиэтэ көстө түһэр. Историяттан биллэринэн, сахалары уонна да атын Сибииргэ олохтоох туора урдустары(инородецтары) христианскай-православнай итэҕэлгэ маассабайдык киллэрии, ол эбэтэр сүрэхтээһин(крещение) 18 үйэ 30-с сс. Иркутскай епархията тэриллиэҕиттэн уонна кини баһылыгынан епископ Иннокентий нерунович ананыаҕыттан саҕаламмыта. Инньэ гынан, […]

Боотулууга-“Дьөһөгөй оҕото” сылгыһыттар күрэхтэрэ салҕанар

Үтүө күнүнэн бэҕэһээ олунньу 14 күнүгэр дьаһалта дьиэтигэр “Дьөһөгөй оҕото” III күрэх чэрчитинэн, кыттар уолаттары кытары сүбэ мунньах буолла. Уопсай быһаарыыннан Боотулууттан уонна Көтөрдөөхтөн 5 хамаанда турар буолла. Уонна ыалдьыттар, былырыыҥҥы Үөһээ Бүлүү улууһун муҥутуур кыайыылаахтара Ороһулар кэлэллэр. Ону таһынан Онхой, Мэйик баҕар кэлиэх курдуктар. Онон 2020 сылтан Боотулуу нэһилиэгэр ыытыллар “Дьөһөгөй оҕото” күрэхпит хабаана […]

Саҥа кинигэ

“Сотору кэминэн, Боотулуу нэһилиэгин олохтооҕо Васильев Василий Лукич-Луук Уус “Хапсаҕай халбас харата” диэн айымньыта бэчээттэнэн тахсыа” диэн нэһилиэкпит баһылыга А. С. Поскачин иһитиннэрдэ. Бу үөрүүлээх сонуну Баһылай Луукус бэйэтэ маннык үллэһиннэ: “Кырдьык ити бэйэм хоһоон номох диэн ааттыыр айымньым кинигэ буолан тахсан эрэриттэн сүрдээҕин үөрэбин. Уонна Александр Семеновичка барҕа махталбын тиэрдэбин. Уонна Луукус диэнтэн таһааран […]

Үөһээ Бүлүү төрөөбүт күнүгэр аналлаах нэһилиэктэринэн тургутук боппуруоһа

Боотулуу нэһилиэгиттэн төрүттээх, РФ уонна Саха республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ, И. М. Гоголев- Кындыл аатынан литература бириэмийэтинбастакы лауреата. Кини Боотулуу 7 кылаастаах оскуолатын кэнниттэн Дьокуускай куорат 2-с №дээх оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ. Айар үлэ 20 сааһыттан умсугуппута, бастакы хоһоонноро 1954 с. республика бэчээтигэр тахсан испиттэрэ. Кини айылҕаны, киһи дууһатын долгуйуутун-үөрүүтүн, хомолтотун, баҕа санаатын хоһуйар “үрүҥ санаа […]