
Саха норуотун олорбут олоҕо, охсуспут охсуһуута, кини өйө-санаата, сырдыкка тардыспыт баҕата- бука барыта олоҥхоҕо түмүллэр. Ол иһин олоҥхо сүүһүнэн ахсааннаах үгүс дьыллар халыҥ хаардарыгар саптаран, хараҥа күннэригэр күлүктэнэн, сүппэккэ-симэлийбэккэ баччааҥҥа дылы тиийэн кэллэҕэ…2005 сыл сэтинньи 25 күнүгэр ЮНЕСКО саха олоҥхотун киһи-аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт култуурунай нэһилиэстибэтин чулуу айымньытынан биллэрбитэ.
Олоҥхо дэкээдэтин кэмигэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сылын аайы ыытыллар “Олоҥхо дьыктаана” аахсыйа чэрчитинэн СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ V-XI кылаас үөрэнээччилэригэр Олоҥхо тута тургутугун үһүс сылын тэрийэр.
Быйыл сэтинньи 24 күнүттэн ахсынньы 4 күнүгэр диэри 10 күн устата буолуоҕа.
Ааспыт сылларга курдук, ханнык тылынан толороргун бэйэҥ талаҕын: нууччалыы эбэтэр сахалыы.
V-VI, VII-VIII, IX-XI кылаастарга сорудахтара тус-туһунан.
Хас биирдии тургутук 10 ыйытыыттан турар. Олор үстүү бэлэм хоруйдаахтар, онтон биир сөп эппиэтин талаҕын. Толорорго 10 мүнүүтэ бэриллэр. Бүтэрдиҥ да, туох да төлөбүрэ суох босхо электроннай Туоһу суругу ылаҕын.
Быйыл уратыта диэн, ол сэртипикээккэ ааккыт-суолгут уонна оскуолаҕыт суруллар.
Ол иһин сигэнэн тест платформатыгар киирдэххитинэ, бастаан «Бэлиэтэнии» диэни баттаан регистрацияланаҕыт, ол кэнниттэн «Киирии» диэнинэн толорон саҕалыыгыт. Эрдэ регистрацияламмыттар (төрүт култуураҕа туһуламмыт онлайн-олимпиада кыттыылаахтара) тута киирэҕит. Сатамматаҕына, «Парольбун умнубуппун» диэн функция баар.
Тэрийээччилэргэ хас киһи хантан кыттара көстө турар, онон саамай көхтөөх улуустар уонна куораттар оскуолалара бэлиэтэниэхтэрэ, оттон кыттыыны тэрийбит учууталлар махтал суруктары тутуохтара. Былырыын бастакы миэстэни ылбыт Таатта улууһа уонна Анаабыр Үрүҥ Хайа, Дьокуускай куорат 20-с оскуолалара Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтиттэн наҕараада туппуттуттара.
Онон кытаатыҥ! Ситиһиини!
Бу сигэнэн киирэн толор.