“Оптуорунньук – Доруобуйа күнэ” үһүс сезона саҕаланна

Боотулууга “Оптуорунньук- Доруобуйа күнэ” үһүс сезона саҕаланна. Уһуйааҥҥа битэмииннээх сир аһын туһунан хоһоон үөрэттилэр, оскуолаҕа оҕолорго чэбдигирдэр сэрээккэлэр, эрчиллиилэр, “Кросс нации” сүүрүү ыытылыннылар. Сынньалаҥ киинигэр СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна Светлана Тимофеевна Алексеева тыыныы эрчиллиилэрин өйдөтөн, быһааран үрдүк таһымнаахтык ыытта. Бу эрчиллиилэрин систиэмэлээхтик, дьоҥҥо туһалаахтык тэрийэр. Хас оптуорунньук аайы нэлиэнньэни, сааһыттан тутулуга суох, эрчиллиилэргэ ыҥырар.
Доруобуйа күнүн тэрээһиннэригэр нэһилиэнньэ көхтөөх кыттыыны ылар.