Балаҕан ыйын 28 күнүгэр Боотулуу сынньалаҥ киинигэр Саха сирин үтүөлээх үлэһитэ, норуот тапталлаах артыыската, норуот театрын төрүттээччи Ольга Васильевна Григорьева төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах өйдөбүнньүк тэрээһиннэр үрдүк таһымҥа буолан аастылар.
Бу күн үгүс сыллар тухары культура эйгэтин иилээн-саҕалаан, дьон-сэргэ дууһатын угуттаабыт убаастабылллаах Ольга Васильевна уонна Николай Николаевич сырдык ааттара үйэтитиллибит кэрэ-бэдиэ скверигэр өйдөбүнньүк миитин буолла. Мустубут дьон, үөлээннээхтэрэ, олохтоохтор кинилэр сырдык уобарастарыгар сүгүрүйдүлэр. Боотулуутааҕы норуот театрын артыыстара, салайааччыта истиҥ-иһирэх ахтыы тылларын анаатылар, кинилэр үтүө мааны үлэлэрин махтана санаатылар уонна тыыннаах сибэкки дьөрбөлөрүн уурдулар.


Тэрээһин сүрүн чааһын О.В.Григорьева аатынан норуот театрын айымньылаах салайааччыта Варвара Иннокентьевна Буртахова иилээн-саҕалаан, сирдээн ыытта. Оскуола үөрэнээччилэрэ кини салайыытынан бэлэмнээбит чаҕылхай инсценировкаларын көрөөччү дьүүлүгэр таһаардылар. Саҥа тахсан эрэр эдэр, кэскиллээх артыыстар ис киирбэх оонньууларынан театр алыптаах аанын арыйан, көрөөччү дууһатын хамсаттылар, ытыс тыаһын ортотугар айар кут уотун өссө төгүл күөдьүттүлэр.
Бу тэрээһин Боотулуу сиригэр культура үрдүк күүһүн, утум ситимин уонна улуу дьоннорбут сырдык ааттара хаһан да умнуллубатын өссө төгүл бигэргэттэ.

3 кылаас үөрэнээччилэрэ, “Эриэппэ” остуоруйа, кылаас салайааччыта Спиридонова Сардаана Михайловна.

5 кылаас үөрэнээччилэрэ, “Уустук үллэрии” саха норуотун остуоруйата, кылаас салайааччыта Еремисова Ньургуйаана Владимировна

6 кылаас үөрэнээччилэрэ, Софрон Данилов кэпсээнэ “Икки ийэ уонна икки кыыс”, кылаас салайааччыта Гаврильева Нюргустана Гаврильевна
8 кылаас үөрэнээччилэрэ, Родион Данилов – Ородьумаан кэпсээнэ “Эдьиийдээх балыс”, кылаас салайааччыта Филиппова Катерина Николаевна

9 кылаас үөрэнээччилэрэ, Родион Данилов – Ородьумаан кэпсээнэ “Учуутал”, кылаас салайааччыта Никитина Александра Семеновна
10 кылаас үөрэнээччилэрэ, Родион Данилов – Ородьумаан кэпсээнэ “Разборка”, кылаас салайааччыта Винокурова Ольга Сергеевна


11 кылаас үөрэнээччилэрэ, Родион Данилов – Ородьумаан кэпсээнэ “Кэргэн кэпсэтии”, кылаас салайааччыта Иванова Сааскыйа Николаевна

Ольга Васильевна Үөһээ-Бүлүү улууһун Боотулуу нэһилиэгин Көтөрдөөҕөр 1946 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр күн сирин көрбүтэ.
Олга 8-с кылаастаах Боотулуу оскуолатын бүтэрээт Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Училищены бүтэрэн баран, учуутала Владимир Михайлович Унаров сүбэтинэн П.А. Ойуунускай аатынан Саха театрыгар көмө састаапка артыыһынан киирбитэ.
Үлэлии киирээт даҕаны режиссер Спартак Слепцов туруорбут, М. Эверстова-Обутова “Күөрэгэй” драматыгар Күөрэгэй оруолун истиҥ иэйиилээхтик толорон көрөөччүгэ артыыс быһыытынан аата иһиллибитэ. Бу оруолу оонньоон эдэркээн Ольга Григорьева улахан ситиһиилэммитэ, аатырбыта. Норуот кинини “Саха Күөрэгэйэ” диэн ааттаабыта.
1969-1974 с.с. Москватааҕы Щепкин аатынан үрдүкү театральнай училищены кыһыл дипломунан бүтэрбитэ.
1974-1990 с.с. Ньурбатааҕы көһө сылдьар государственнай театрга артыыһынан үлэлээбитэ.
Ньурба театрыгар үлэлиир кэмнэригэр элбэх улахан оруоллары оонньообута, Саха АССР үтүөлээх артыыһын аатын ылбыта.
Ол курдук М. Шолохов “Тэриллибит кырыһыгар” – Лучика, А. Балакаев “Ийэ сүрэҕэр” – Миндьээ, Т. Сметанин “Лоокуут уонна Ньургуһун” – Ньургуһун, А. Салынскай “Барабаанньыт кыыһыгар” – Нило Снижко оруолларын чаҕылхайдык толорбута.
Ольга Васильевна Григорьева кэргэнэ, режиссер Николай Николаевич Тихоновы кытта 1990 с. төрөөбүт Боотулуутугар кэлэн, нэһилиэк олоҕун тута сэргэхсиппиттэрэ. Драм коллектив тэрийэн, араас айымньылары, чуолаан саха классик суруйааччыларыттан сценаҕа туруоран саҥа тыыннаан, өлбөт үйэлээбиттэрэ. Ол курдук А. Софронов “Кэччэгэй кэриэһэ суох”, Далан “Үрэх баһын үһүйээннэрэ”, Т. Сметанин “Лоокуут уонна Ньургуһун”, оҕолорго П. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун о.д.а. араас айымньылары туруобуттара, үгүс дьон талаанын арыйбыттара.
Элбэх премьералар, гастроллар, үгүс сыралаах үлэ кэнниттэн Боотулуутааҕы драмколлектив дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыта, республика үрдүнэн биллибитэ. 2005 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин культууратын миниистирэ А.С. Борисов “Норуот театрын” аата иҥэриллэр туоһу суругун туттарбыта. Бу О.В. Григорьева, Н.Н. Тихонов тэрийбит театрдарыгар үрдүк сыанабыл, салҕыы сайдарыгар олук буолбута.
Биһиги киэн туттар дьоммут: Ольга Васильевна, Николай Николаевич төрөөбүт нэһилиэктэригэр театры тэрийэн, нэһилиэк сайдыытыгар, дьон өйө-санаата, үлэтэ-хамнаһа үрдүүрүгэр, сырдыкка-кэрэҕэ тардыһыытыгар, культура искусство эйгэтэ кэҥииригэр улахан кылааттарын киллэрбиттэрэ.
О.В. Григорьева Саха АССР, КПСС райкомун, райиспоркомун, РСФСР культура министиэристибэтин бочуотнай грамоталарынан, СССР норуоттарын драматургияҕа, театральнай искусствоҕа бүтүн Россиятааҕы фестивалыгар маҥнайгы истиэпэннээх дипломунан наҕараадаламмыта. Олоҕун тиһэх күнүгэр диэри Саха норуотун культурата сайдарын туһугар дириҥ хорутуулаахтык, киэҥ далааһыннаахтык, сырдык сыдьаайдаахтык үлэлээбитэ.
Биһиэхэ , Боотулууларга Ольга Васильевна сырдык мөссүөнэ өрүү тыыннаах буолуоҕа!
О. В. Григорьева аатынан норуот театрын салайааччыта Буртахова В.И.