БОТУЛУНСКАЯ МОДЕЛЬНАЯ СЕЛЬСКАЯ БИБЛИОТЕКА

Оҕону иитии маҥнайгы олуктара

Оҕо көмүскэлин күнүнэн. Оҕону сахалыы тыыҥҥа иитии олуктара

Оҕону үөрэтии:

1. Эмэрин кэмигэр бырахтар.

2. Кэмигэр хаамтар (эрчийэн ону ситиһиллэр).

3. Таҥна үөрэт.

4. Чэнчис гына үөрэт.

5. Салгыны тулуйарга үөрэт (наһаа үллүйүмэ).

Оҕо харысхала:

1. Көтөҕөргөр көхсүнэн ылыма.

2. Бэйэҕиттэн үөһэ көтөҕүмэ.

3. Атахха сытыарыма.

4. Уһуктаах маллартан сэрэнэргэ үөрэт. 5. Бытархай малы айаҕар укпат буоларга үөрэт.

Оҕо майгытын харыстааһын:

1. Наһаа күллэримэ.

2. Киэһэ уйгуурдума.

3. Оҕону оонньуу оҥостума.

4. Оҕону кыынньаама.

5. Мээнэ буойума-хаайыма.

Оҕону сиэргэ үөрэтии:

1.Киһини сирэйгэ оҕустарыма.

2. Тарааччы гыннарыма.

3. Киһиэхэ силлэтимэ.

4. Киһини бадьыыстатыма.

5. Сыччыыйынан оонньотума (болҕомтоҕун уурума, кыратык буой).

Торулла үөрэтии: 1. Баламат буолума (оҕону харыстаан сыһыаннаһыллыахтаах).

2. Көмүскүү үөрэтимэ.

3. Торулла үөрэт (дьон сыһыанын билэ үөрэниэхтээх).

4. Этин аһыта үөрэт.

5. Кыыс оҕону дьарыйарыгар самыыга охсума.

Оҥорорго үөрэтии:

1. Бэйэтигэр оҥортор.

2. Малын оннугар уурарга үөрэт.

3. Оонньото үөрэт.

4. Хатылата үөрэт (оҕо тугу баҕарар хатылаан оҥоро сатыыр).

5. Көрдөтө үөрэт (тугу эмэ соруйан кистээн баран).

Кэпсэтэргэ үөрэтии: 1. Сэргииргэ үөрэт. 2. Болҕойорго үөрэт.

3. Өйүгэр тутарга үөрэт.

4. Сөпкө саҥарарга үөрэт.

5. Кэпсииргэ үөрэт.

Майгытын харыстаа: 1. Наар тилэҕиттэн сыллаама.

2. Наар кэтэҕиттэн сыллаама.

3. Ас бэриһиннэрэ үөрэт (аһы бэристэҕинэ, кыратык эмти тутан ылан баран: “Баччыы-баччы буол”—диэ).

4. Үөрдэ үөрэт.

5. Дьолун харыстыырга үөрэт (туох эмэ кыраны биэрэр буоллахха, тарбаҕынан умса харбаан буолбакка, ытыһын тоһуйан ыларга үөрэт).

Оҕоҕо кэп олордуу. Кэп диэн уобарас. Оҕо кими эмэ батыһан, уобарас оҥостон улаатар. Кини хайдах киһи буолара итинтэн улахан тутаахтаах. Уобараһы оҕоҕо биэриини кэп олордуу диэн ааттыыбыт. Оҕоҕо олордуллар үс кэп баар: 1) төрөөбүт ый айыыта

2) ааты ылыы,

3) батыһыыны булуу.

Бу кэп олордуулар туомнарын суруйабыт.Төрөөбүт ыйын айыыта Саха итэҕэлин быһыытынан, ый аайы ханнык эмэ айыы чугаһыыр. Киһиэхэ төрөөбүт ыйа суолталаах. Ол быһыытынан киһи төрөөбүт ыйын Айыытын майгытын батыһан улаатар. Оҕо төрүөҕүттэн ыла төрөөбүт ыйын Айыытын ааттыы үөрэниэхтээх. Инньэ гынан оҕоҕо төрөөбүт ыйын айыытын өйдөөн хааларын ситиһэр. Ый аайы чугаһыыр айыылар майгылара маннык:

1.Бэс ыйа—бу ыйга төрөөбүт оҕо алгыс суоллаах (Үрүҥ Айыы Тойон). 2. От ыйа—бу ыйга төрөөбүт оҕо тулуур суоллаах (Аан Алахчын Хотун). 3. Атырдьах ыйа—кырдьык суоллаах (Аан Дьааһын). 4. Балаҕан ыйа—идэ суоллаах (Улуу Суорун Тойон). 5. Алтынньы—тэрээһин суоллаах (Хотой Айыы). 6. Cэтинньи—сатабыл суоллаах (Баай Байанай). 7. Ахсынньы—билии суоллаах (Билгэһит Билгэ Хаан). 8. Тохсунньу—туску суоллаах (Таҥха Хаан). 9. Олунньу—тыл суоллаах—эппит тылын батыһар (Одун Хаан). 10. Кулун тутар—хаһаастыба суоллаах (Дьөһөгөй Тойон). 11. Муус устар—уран суоллаах, айар үлэҕэ дьоҕурдаах (Айыыһыт Хотун). 12. Ыам ыйа—быйаҥ суоллаах (Иэйэхсит Хотун). Билиҥҥи кэмҥэ гороскоп киэҥник тарҕанна. Дьон бэйэлэрин ракпыт, водолейбыт, козерокпыт, скорпиоммыт эҥин дииллэр. Биһиги маннык ааттаныыны утарбаппыт буолан баран, саха киһитэ төрөөбүт ыйын айыытын билэрэ булгуччу дии саныыбыт. Төрөөбүт ыйын айыытын билэр киһи бэйэтин норуотун үтүө санаатын илдьэ сылдьыаҕа. Саха этэринэн, киһи төрүөҕүттэн үтүө айылгылаах. Ити үтүө төрдө төрөөбүт ыйын айыытыгар көстөр. Киһи ханнык эмэ айыыттан төрүөттээх буолар үгэһэ олоҥхоттон кэлэр. Холобур, Кулун Куллустуур төрдө—Дьөһөгөй, Дьиэрбэх Бэргэн төрдө—сир иччитэ,Ньургун Боотур төрдө—Үрүҥ Айыы Тойон. Оҕоҕо төрөөбүт күнэ кэллэҕин аайы кини төрөөбүт ыйын айыытын саната сылдьыллыахтаах…