Сынньалаҥҥа: Саха остуоруйаларын төһө билэҕин?

Саха остуоруйатын аан бастакынан сурукка киллэрбит дьонунан буолаллар — көскө кэлэ сылдьыбыт учуонай И.А. Худяков уонна фольклорист Г.У. Эргис. Бу дьон матырыйаалларыгар олоҕуран, Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон «Саха остуоруйалара», «Саха фольклора» диэн хомуурунньуктары таһаартарбыта. Саха остуоруйаларын төһө билэҕин?

Сынньалаҥҥа:Сомо5о домох суолтатын төһө билэҕин?

Тылгыт баайын хаҥатар, сайыннарар сыаллаах-соруктаах СОМОҔО ДОМОХ ООННЬУУТУГАР ыҥырабыт! Умнубуккутун өйдүөххүт, саҥаны сомсуоххут диэн эрэнэбит! Сомоҕо домох (фразеологизм) — биир уустук өйдөбүлү биэрэр суолталаах, солбуллубат тыллаах, уларыйбат көрүҥнээх (формалаах) тыллар холбоһуктара. Саха тылыгар олус элбэх сомоҕо домох баар. Н. С. Григорьев «Саха тылын сомоҕо домоҕун тылдьыта» (1974 с.) кинигэтигэр 3000 кэриҥэ сомоҕо домох киирбит. Бу саха тылын биир этигэн ньымата, барҕа […]

Иҥсэлээх Сүөдэр

Былыр, олох өрдөөҕүтэ, Көтөрдөөх хоту өттүгэр Кэҥкэр сиригэр Иҥсэлээх Сүөдэр диэн киhи олорбута үhү. Бука киниэхэ иҥсэлээҕин иhин итинник ааты биэрдэхтэрэ буолуо. Сүөдэр дьиэтиттэн тэйиччи соҕус баран туулуура. Үчүгэй балыктааҕын иhин баран эрдэҕэ. Барар сиригэр сис тыаҕа улахан элбэх салаалаах тииккэ тойон көтөр сыл ахсын кэлэн төрүүр идэлээх эбит. Биирдэ Сүөдэр туутун көрө баран иhэн […]

«Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ» кинигэттэн кэпсээннэр

Хам хаппыт мастан буолуо… Покровскай сирэ-уота үтүөкэн, кэрэ айылҕалаах, бастыҥ-мааны дьонноох сир. Мин эбэбэр сотору-сотору тахсааччыбын, кини даачата өрүс үрдүгэр турар. Манна дьиэлэр ойуур быыһыгар тутуллубут буоланнар кэрэ көстүүлээхтэр. Дьиэлэр кэккэлэһэн турар сирдэриттэн тэйиччи соҕус былыргы аппа баара. Тоҕо эрэ кэнники кэмҥэ бу диэки киһи соччо ылбычча өйдөөбөт түгэннэрэ тахсар буолбуттара. Биирдэ атырдьах ыйын хабыс-хараҥа […]