Иҥсэлээх Сүөдэр

Былыр, олох өрдөөҕүтэ, Көтөрдөөх хоту өттүгэр Кэҥкэр сиригэр Иҥсэлээх Сүөдэр диэн киhи олорбута үhү. Бука киниэхэ иҥсэлээҕин иhин итинник ааты биэрдэхтэрэ буолуо. Сүөдэр дьиэтиттэн тэйиччи соҕус баран туулуура. Үчүгэй балыктааҕын иhин баран эрдэҕэ. Барар сиригэр сис тыаҕа улахан элбэх салаалаах тииккэ тойон көтөр сыл ахсын кэлэн төрүүр идэлээх эбит. Биирдэ Сүөдэр туутун көрө баран иhэн […]

«Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ» кинигэттэн кэпсээннэр

Хам хаппыт мастан буолуо… Покровскай сирэ-уота үтүөкэн, кэрэ айылҕалаах, бастыҥ-мааны дьонноох сир. Мин эбэбэр сотору-сотору тахсааччыбын, кини даачата өрүс үрдүгэр турар. Манна дьиэлэр ойуур быыһыгар тутуллубут буоланнар кэрэ көстүүлээхтэр. Дьиэлэр кэккэлэһэн турар сирдэриттэн тэйиччи соҕус былыргы аппа баара. Тоҕо эрэ кэнники кэмҥэ бу диэки киһи соччо ылбычча өйдөөбөт түгэннэрэ тахсар буолбуттара. Биирдэ атырдьах ыйын хабыс-хараҥа […]