
ССРС Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ,
Кыраайы үөрэтээччи,
РНА Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийиилэргэ институтун үлэһитэ,
Тыл билимин хандьытаата,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ,
РНА Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ,
“Кырастаньыын килбиэнэ”,
“Учууталлар учууталлара”,
“Үтүө билинии”наҕараадалаах,
Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Боотулуу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо
Михаил Петрович Алексеев—Дапсы 1936 сыл сэтинньи 6 күнүгэр Үөһээ Бүлүү Оноҕоччут нэһилиэгин «Киһилээх» диэн күөлүгэр холкуостаах ийэттэн төрөөбүтэ. Оҕо сааһа сэрии сылларыгар уонна сэрии кэннинээҕи кырыымчык кэми уолдьаспыт буолан, хоргуйуу, ааһыы-туоруу, өлүү, өлө сыһыы диэннэри этинэн-хаанынан билбитэ.
Сэрии сылларыгар 1943-1945 сс. Бүлүү куоратынааҕы оҕо дьиэтигэр иитиллибитэ. Үөһээ Бүлүү Исидор Барахов аатынан орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ. СГУ саха салаатын бүтэрэн баран 1962-1965 сс. Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро, Далыр оскуолаларыгар учууталынан, Бүлүүтээҕи производственнай управление Комкомугар оскуола салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
1965-1974 сс.—ТЛИИ лаборана, наука балыс үлэһитэ, Дьокуускай горисполкомун инженерэ;
1974-1987 сс. «Эдэр хомуньуус», «Кыым» хаһыаттарга литература үлэһитинэн, эппиэттиир сэкэритээри солбуйааччынан үлэлээбитэ.
1987-1989 сс. «Кыым» хаһыат иһинэн тахсан, куоракка тарҕанар «Якутская страница»-ны тэрийэн-оҥорон таһаарааччы.
1989-1992 сс—ТЛИИ наука балыс үлэһитэ, 1993 сылтан наука аҕа үлэһитэ.
Саха араадьыйатыгар 1992 сыл алтынньы 18 күнүгэр «Биһирэм тыл» биэриитэ тахсыбыта. 25 сыл устата (1992-2017) хас өрөбүл күн сарсыарда 12 чаас 10 мүнүүтэттэн Сэргэй Зверев «Сарсын, сарсын сарсыарда» тойугунан доҕуһуоллаах Дапсы кэпсээнэ саҕаланара.
М.П.Алексеев учуонай быһыытынан түөлбэ тылы, уус-уран литература тылын-өһүн, төрөөбүт тыл үйэлээх үгэстэрин уонна билиҥҥи тутуллуутун туһунан үлэлэри бэчээттэттэ.